Районный центр народного творчества "Дом Олонхо"
им.Г.Г Колесова

  • partner logo
  • partner logo
  • partner logo
  • partner logo
ЗВУК.СВЕТ. LED ЭКРАН.
Техническое обеспечение мероприятий.
Прокат концертного и сценического оборудования с доставкой и обслуживанием!
СОНУННАР!
Саха республикатын Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ Казахстан Алматы куоратыгар Саха сирин күннэригэр.* Саха сирин күннэрэ Казахстан республикатын Алматы куоратыгар ыытыллар бырагыраамматыгар Амма, Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, ҮөҺээ Бүлүү, Сунтаар улуустарыттан олоҥхо дьиэтин үлэҺиттэрэ, олоҥхону толорооччулар, оҺуохайдьыттар, алгысчыттар, норуот маастардара кытталлар. Муус устар 21 күнүгэр Алматы куоракка Ыхлас аатынан музыка үҥүстүрүмүөннэрин түмэлигэр "Аан дойду эпостара Казахстаҥҥа " көсүҺүүлэрэ ыытылынна. КөрсүҺүүнү Спиридон Григорьев-Илгэлээх Испиридиэн алгыҺынан аста. Саха норуотун тылынан баайын олоҥхону олоҕурбут ньыманан толордулар: Аксиния Степанова, Станислав Иванов Мэҥэ Хаҥалас улууҺуттан, Туяра Алексеева Сунтаартан, Анна Захарова, Игорь Болтунов Амматтан, Владимир Сыромятников Намтан, ону тэҥэ Казахстан манасчылара кыттыннылар. КөрсүҺүүнү иилээн саҕалаан ыыттылар Айта Васильева, Спиридон Григорьев. КөрсүҺүүгэ эҕэрдэ тыллары эттилэр Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах бэрэсэдээтэлин солбуйааччы, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Николаевич Жирков, культура уонна духовнай сайдыы миниистирэ Афанасий Иванович Ноев, Ыхлас аатынан норуоттар музыкальнай үнүстүрүмүөннэрин түмэлин салайааччыта Джанибек Баурджан Узбекалиевич. Гавриил Колесов аатынан Олонхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Николаевна Иванова бииргэ алтыһан үлэлиир, эпостары дириҥник үөрэтэр, ырытар убаастыыр учуонайбытыгар Аль Фараби аатынан Казахскай национальнай университет профессорыгар, Шынгыс Айтматов дойдулар икки ардыларынааҕы академия академигар, филологическай наука докторыгар Анарбай Саиуглы Булдыбайга өйдөбүнньүк суруктаах чороону туттарда. Анарбай Саиуглы 1982 с. биир дойдулаахпыт Гавриил Колесов бэлэхтээбит "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олонхо пластинкатын уонна хаартыскалары А.И. Ноевка, Е.Н.Ивановаҕа туттарда. Истиҥ көрсүҺүү, үтүө доҕордоҺуу киэһэтэ оҺуохайынан түмүктэннэ.*Саха республикатын Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ Казахстан Алматы куоратыгар Саха сирин күннэригэр.* Саха сирин күннэрэ Казахстан республикатын Алматы куоратыгар ыытыллар бырагыраамматыгар Амма, Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, ҮөҺээ Бүлүү, Сунтаар улуустарыттан олоҥхо дьиэтин үлэҺиттэрэ, олоҥхону толорооччулар, оҺуохайдьыттар, алгысчыттар, норуот маастардара кытталлар. Муус устар 21 күнүгэр Алматы куоракка Ыхлас аатынан музыка үҥүстүрүмүөннэрин түмэлигэр "Аан дойду эпостара Казахстаҥҥа " көсүҺүүлэрэ ыытылынна. КөрсүҺүүнү Спиридон Григорьев-Илгэлээх Испиридиэн алгыҺынан аста. Саха норуотун тылынан баайын олоҥхону олоҕурбут ньыманан толордулар: Аксиния Степанова, Станислав Иванов Мэҥэ Хаҥалас улууҺуттан, Туяра Алексеева Сунтаартан, Анна Захарова, Игорь Болтунов Амматтан, Владимир Сыромятников Намтан, ону тэҥэ Казахстан манасчылара кыттыннылар. КөрсүҺүүнү иилээн саҕалаан ыыттылар Айта Васильева, Спиридон Григорьев. КөрсүҺүүгэ эҕэрдэ тыллары эттилэр Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах бэрэсэдээтэлин солбуйааччы, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Николаевич Жирков, культура уонна духовнай сайдыы миниистирэ Афанасий Иванович Ноев, Ыхлас аатынан норуоттар музыкальнай үнүстүрүмүөннэрин түмэлин салайааччыта Джанибек Баурджан Узбекалиевич. Гавриил Колесов аатынан Олонхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Николаевна Иванова бииргэ алтыһан үлэлиир, эпостары дириҥник үөрэтэр, ырытар убаастыыр учуонайбытыгар Аль Фараби аатынан Казахскай национальнай университет профессорыгар, Шынгыс Айтматов дойдулар икки ардыларынааҕы академия академигар, филологическай наука докторыгар Анарбай Саиуглы Булдыбайга өйдөбүнньүк суруктаах чороону туттарда. Анарбай Саиуглы 1982 с. биир дойдулаахпыт Гавриил Колесов бэлэхтээбит "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олонхо пластинкатын уонна хаартыскалары А.И. Ноевка, Е.Н.Ивановаҕа туттарда. Истиҥ көрсүҺүү, үтүө доҕордоҺуу киэһэтэ оҺуохайынан түмүктэннэ.
Саха республикатын Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ Казахстан Алматы куоратыгар Саха сирин күннэригэр.
Муус устар 12 күнүгэр Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтигэр Нам оҕо уһуйааннарын үлэһиттэрэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун уһуйааннарын үлэлэрин билсэ-көрсө, уопут атастаһа кэлэ сылдьан ыалдьыттаан аастылар. Саха сиэринэн, өбүгэ үгэһинэн кэлбит ыалдьыттары алгыс түһэрэн арчылаан атаардыбыт.
Муус устар 12 күнүгэр Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун культура эйгэтин профсоюз түмсүүтүн эдэр үлэһиттэрэ түмүстүлэр. Көрсүһүү үгэс быһыытынан алгыс сиэринэн-туомунан саҕаланна, алгыһы Олоҥхо Дьиэтин салайааччыта Евдокия Николаевна Иванова түһэрдэ. Алгыс кэннэ мустубут эдэр ыччаттарга Дьокуускай куорат профсоюз түмсүү эдэр ыччаттара тренинг ыыттылар, хамаандаҕа арааран оонньоттулар, бырайыактары торумнаатылар
СИТИҺИИЛЭР!






















Муус устар 09 – 10 күннэригэр Сахабыт сирин килбэйэр киинигэр Сунтаар улууһун культуратын саламтатын салайааччыта Саргылаана Дмитриевна Омукова салайааччылаах улаха бөлөх кэлэн РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,Саха АССР искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ, Үлэ Кыһыл знамя уордьанын икки төгүллээх кавалера, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, норуот ырыаһыта Сергей Афанасьевич Зверев- Кыыл Уолун сүдү талааныгар сүгүрүйэн уонна кини 125 сылын көрсөр тэрээһиннэрин чэрчитинэн «ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ» өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэһэ Сахабыт Сирин 17 улууһуттан барыта 900 бастыҥ талба талааннаахтарын түмэн үрдүк таһымҥа тэриллэн ааста. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан үгэ, чабырҕах, уус-уран ааҕыы, олоҥхо, тойук, норуот ырыатын, оһуокай, саха музыкальнай үнстүрүмүөнүгэр, ат симэҕин, саха быһаҕын көрүү күрэстэригэр ситиһиилээхтик кытыннылар. *Үгэ, чабырҕах, уус-уран ааҕыы* күрэһэр: • 2 үрдэл үрдүк ааты ылары ситистилэр В. П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын *"Чугдаар"* фольклорнай бөлөҕө. Салайааччылар Валентина Кривошапкина, Ульяна Максимова • Тараҕай нэһилиэгиттэн *Чобуо* чабырҕахсыттар бөлөхтөрө *Иэйиилээх толоруу* анал аат кыайаалахтарынан ааттаннылар. Сал. Галина Зыкова *Саха музыкальнай үнстүрүмүөнүгэр оонньуу күрэһэр:* • В. П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын *"Чугдаар"* фольклорнай бөлөҕө *2 үрдэл* кыайыылаахтарынан ааттаннылар. *Ат симэҕин көрүү күрэһэр:* • Төҥүлү нэһилиэгиттэн *Доруобуйа* түмсүү кыттыылаахтара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара Надежда Николаевна Оконешникова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Александра Семеновна Баишева *3 үрдэл* кыайыылаахтарынан таҕыстылар. *норуот ырыатын түһүлгэтигэр:* • Виталий Никифоров (Лоомтука) *Төрүт үгэһи тутуһааччы* анал аат кыайылааҕа • *Кылыһах* фольклорнай бөлөх (Табаҕа) сал. Галина Зыкова *3 үрдэл* кыайылаахтара буоллулар *Оһуокай күрэһэр:* • Виталий Никифоров (Лоомтука) *Кэскиллээх этээччи* анал аат кыайыылааҕынан ааттанна • Денис Оконешников (Нуораҕана) *3 үрдэл* үрдүк аатын ылары ситистэ *Олоҥхо түһүлгэтигэр* • Аксиния Степанова (Аллараа Бэстээх) *Удьуор утумун салҕааччы* анал аат кыайыылааҕынан ааттанна • Станислав Иванов (Майа) *3 үрдэл* үрдүк аатын ылары ситистэ *Саха быһаҕын көрүү күрэһэр:* Төҥүлү нэһилиэгин тимир ууһа Василий Макаров *Кылаан кыайыылаах* үрдүк аатынан наҕараадаланна. «ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ» өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэс кылаан бирииһин *300.000 тыһ. солк* Төҥүлү нэһилиэгин тимир ууһа, *Василий Макаров* ылары ситистэ. Айар куттаах, талба талааннаах биир дойдулаахтарбытын үрдүк ситиһиилэргитинэн урааҥхайдыы уруйдаан, сахалыы айхаллаан эҕэрдэлиибит. Саха төрүт үгэстэрин үйэтитэр айымньылаах, алгыстаах аартыктаргыт арыллан үөрүү-көтүү үктэллэниҥ, кыайыы-хотуу аргыстаныҥ. _Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыы салалтата_
ЭҔЭРДЭЛИИБИТ!




















Муус устар ый 9-10 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын сойуууһун чилиэнэ, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ. Үлэ Кыһыл знамя уордьанын икки төгүллээх кавалера, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, норуот ырыаһыта Сергей Афанасьевич Зверев- Кыыл Уолун сүдү талааныгар сүгүрүйэн 125 үбүлүөйдээх сылын көрсө “ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ” өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын Өрөспүүбүлүкэтээҕи “ДЭГИТТЭР БЫҺАХ” саха быһаҕын көрүү күрэһигэр кылаан кыайыылаах тахсан 300000 солк үптээх ТУОҺУ СУРУК ыларга сэрэбиэйгэ киирэн Байанайа, баата тосхойон КЫАЙЫЫЛААХ тахсыбытынан биир дойдулаахпытын, Төҥүлү нэһилиэгин тимир ууһун Василий Макаровы үрдүк кыайыытынан эҕэрдэлиибит! Маны таһынан Василий Макаров охсубут быһаҕа аукционҥа 50000 солк атыыланна!
"ХАРЫСХАЛ" Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар харысхал оҥорууга акция маастар-кылаас ыытылынна.



















Муус устар 2 күнүгэр Аллараа Бэстээх Тимир Пинегин аатынан “Парус” спорт уораҕайыгар Дойдубутугар дьиэ-кэргэн, Сахабыт Сиригэр оҕо саас сылларыгар аналлаах үгэс буолбут “Мэҥэ Уус” норуот айар талааннаахтарын түһүлгэтигэр “Харысхал” анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар акция, маастар-кылаас ыытылынна. “Харысхал” акция, маастар-кылаас Мэҥэ Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон дьаһалтата, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы салалтата, Г.Г. Колесов аатынан оройуоннааҕы норуот айымньытын киинэ “Олоҥхо Дьиэтэ” ыҥырыыларынан ыытылынна. Нэһилиэктэрбит айар талааннаахтара эрдэттэн оҥорбут харысхалларын аҕалан анал холбукаҕа уктулар, маны таһынан “Мэҥэ Уус” дьоро түһүлгэтин көрө кэлбит көрөөччһлэр, ыалдьыттар бу акцияҕа кыттыһан тутатына харысхаллары оҥорон уктулар, бу маастар-кылааһы Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Кэрэли” оҕону эбиир үөрэхтээһин киинин уһуйааччылара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастардара Стручкова Евдокия Радионовна, Захарова Евдокия Ивановна иилээн-саҕалаан ыыттылар. Дойдубутугар буола турар быһыынан-майгынан, төрөөбүт дойдуларыттан, чугас дьонноруттан тэлэһийэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын амарах сүрэхтэринэн, илиилэрин сылааһынан угуттаан харысхаллары оҥордулар (испииһэккэ илии баттаабыттарынан): 1. Майатааҕы социальнай бизнес – инкубатор, Майа 2. Баишева Евдокия Самсоновна, Майа 3. Березкина Валентина Борисовна, Балыктаах 4. ЦПМСС “Кэскил” тэрилтэ уһуйууллааччылара, Майа 5. Уваровская Александра Васильевна, Майа 6. Татьяна Михайлова, Майя 7. Нестерева Алина Ивановна 8. Лукина Лена Николаевна, Хаптаҕай 9. Соломонова Валентина Ивановна, Хаптаҕай 10. Баишева Ульяна Никитична 11. Тихонова Фекла Николаевна 12. Свинобоева Любовь Семеновна 13. Ефимова Октябрина Ивановна, Хаптаҕай 14. Давыдова Марина Васильевна, Бүтэйдээх 15. Аммосова Елена Петровна, Аллараа Бэстээх 16. ФедороваЕвдокия Ивановна, Хаптаҕай 17. Петухова Елена Николаевна, Хаптаҕай 18. Захарова Розалия Герасимовна, Хаптаҕай 19. Пинигина Татьяна Андреевна, Хаптаҕай 20. Неустроева Галина Егоровна, Бэдьимэ 21. Алексеева Татьяна Ивановна, Лоомтука 22. Осипова Марианна Ивановна, Тиэлиги 23. Аргунова Виктория Викторовна, Хочо 24. Алексеева Маргарита Ильинична, Хаптаҕай 25. Кларова Александра Николаевна, Хаптаҕай 26. Сосина Заредина Алексеевна, Майа 27. Федорова Аграфена Федоровна, Хорообут 28. Баишева Наталья Егоровна, Төҥүлү 29. Егорова Саргылана Петровна, Бэдьимэ 30. Захарова Варвара Петровна, Аллараа Бэстээх 31. Ноева Роза Васильевна, Аллараа Бэстээх 32. Зыкова Акулина Николаевна, Чыамайыкы 33. Михайлова Наталья Михайловна, Павловскай 34. Николаева Агафья Васильевна, Майа 35. Атласова Саргылана Иннокентьевна, Чүүйэ 36. Дмитриева Ньургуйаана Васильевна, Чүүйэ 37. Нөөрүктээйи нэһилиэгин “Кыл-сиэл” түмсүүтэ 38. Борисова Анна Гаврильевна 39. Захарова Люция Романовна, Хорообут 40. Попова Матрена Егоровна, Аллараа Бэстээх 41. Федорова Анисия Иннокентьевна-Ааниисийэ, Төхтүр 42. Евсеева Екатерина Афанасьевна, Павловскай 43. Дьяконова Светлана Анатольевна, Мэлдьэхси 44. Степанова Матрена Петровна, Мэлдьэхси 45. Степанова Саргылана Титовна, Мэлдьэхси 46. Ноева Елизавета Руслановна 47. Решетникова Марфа Никоновна 48. Наумова Федора Ивановна “Түмэн” түмсүү 49. Григорьева Мария Яковлевна, Мэлдьэхси 50. Шкулева Маргарита Васильевна, Аллараа Бэстээх 51. Яковлева Эмма Павловна, Төхтүр 52. Попова Туяра Николаевна, Хаатылыма 53. Охлопкова Мария Николаевна, Мэлдьэхси 54. Тотонова Татьяна Васильевна, Павловскай 55. Степнова Анжелика Рудольфовна, Майа 56. Дмитриева Матрена, Хаптаҕай 57. Николаева Роза Иннокентьевна, Хаптаҕай 58. Герасимова Ольга Иннокентьевна, Аллараа Бэстээх 59. Аргунова Сахаяна Гаврильевна, Төҥүлү 60. Борисова Анна Гаврильевна, Төҥүлү 61. Аргунова Ирина Петровна, Төҥүлү 62. Сивцева Мария Петровна, Хаптаҕай 63. Жиркова Антонина Семеновна.6820:47“Харысхал” акция, маастар-кылаас түмүгүнэн барыта улууспут 19 нэһилиэгиттэн кыттыыны ылан барыта 200 харысхал оҥоһулунна, бу күннэргэ улууспут баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын көрсө тиийдэҕинэ хайаатар да барыларыгар тиксэриэҕэ. Улууспут айар талааннаахтара оҥорбут харысхаллара уолаттарбытын харыстаатыннар, араҥаччылаатыннар, уоттаах харахтаахтар утары көрбөтүннэр, сытыы тыллаахтар быһа эппэтиннэр, охтоохтон охтубатыннар, саалаахтан самныбатыннар! Суруйда Айта Васильева Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтин уус-уран салайааччыта
“МЭҤЭ УУС” БЫЫСТАПКА-ДЬААРБАҤКА ТҮМҮГЭ.


















“Кыл-сиэл оҥоһуктар” 3 үрдэл “Алгыс” түмсүү, Нөөрүктээйи, 2 үрдэл Марианна Викторовна Маркова, Тараҕай, 1 үрдэл Мария Петровна Сивцева, Хаптаҕай “Туос оҥоһуктар” 3 үрдэл Александра Семеновна Баишева, Төҥүлү, 2 үрдэл “Оһуор түһүлгэтэ” түмсүү, 2 Наахара, 1 үрдэл Виктория Ивановна Свинобоева, 3 Мэлдьэхси “Туой, муос оҥоһуктар” 3 үрдэл Наталья Николаевна Оконешникова, Нөөрүктээйи, 2 үрдэл Марианна Викторовна Маркова, Тараҕай, 1 үрдэл Николай Семенович Аргуноа, Бүтэйдээх “Тимир оҥоһуктар” 3 үрдэл Александр Иосифович Чириков, Майа, 2 үрдэл Иннокентий Иннокентьевич Аргунов, Бүтэйдээх, 1 үрдэл Алексей Алексеевич Апросимов-Суолаан, Суола Моорук “Саха төрүт таҥаһа” 3 үрдэл Антонина Николаевна Мордискина, Мэҥэ, 2 үрдэл “Күөгэйэ” түмсүү, Хаптаҕай, 1 үрдэл Лена Николаевна Лукина, Хаптаҕай “Мас оҥоһуктар” 3 үрдэл Лука Афанасьевич Романов, 1 Баатара, 2 үрдэл Хрисанф Семенович Иванов, Бүтэйдээх, 1 үрдэл Егор Егорович Сивцев, Майа “Сыахайдар” 3 үрдэл Людмила Егоровна Осипова, Нөөрүктээйи, 2 үрдэл Татьяна Дмитриевна Иванова, Нөөрүктээйи, 1 үрдэл Ньургуйаана Васильевна Дмитриева, Ходоро “Кыбытан-аттаран тигии” 3 үрдэл Альбина Семеновна Шергина, Рассолода, 2 үрдэл Саргылана Алексеевна Сидорова, Бүтэйдээх, 1 үрдэл “Доруобуйа” түмсүү, Төҥүлү “Мэҥэ Уус” анал ааттара: “Саха төрүт таҥаһа” – Надежда Николаевна Оконешникова, Төҥүлү “Тимир оҥоһуктар” – Савва Александрович Левин, Тараҕай.
МЭҤЭ УУС-2024 БЫЫСТАПКА-ДЬААРБАҤКАЛАР ТҮМҮКТЭРЭ.

















“ОҺУОР МАНДАР ТҮҺҮЛГЭ” Сахабыт Сиригэр Оҕо саас сылынан быйылгы “Мэҥэ Уус” түһүлгэбитигэр улууспут үөрэнээччилэригэр ыытыллыбыт “Оһуор мандар түһүлгэ” уус-уран оҥоһуктарын быыстапкатын бастыҥ үлэлэрэ туран тэрээһиннэрбитин киэргэттилэр. Быйылгы оҕолор быыстапкаларын өйөөн, улууспут бастыҥ уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ, уустара бастаабыт оҕолорго анал бириистэри туруортаан оҕолорбут барахсаттар үөрүүлэрэ үксээтэ, “Оһуор мандар түһүлгэ” быыстапкаҕа дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: - Баишев Елисей Андреевич – СР норуотун маастара; - Баишева Евдокия Самсоновна – Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин сүрүннүүр үлэһитэ; - Туманова Наталья Васильевна – Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара; “Тимиртэн оҥоһуктар” 3 үрдэл Игнат Шестаков, Төҥүлү орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, 2 үрдэл Арсен Брызгалов, Мэлдьэхси орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ 1 үрдэл Семен Горохов, Мэлдьэхси орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ буолла уонна СР норуотун маастара Төҥүлү нэһилиэгиттэн Леонид Прокопьевич Говоров туруорбут анал бирииһин ылла. “Кыбытан аттаран тигии” 3 үрдэл Сайаана Стручкова, “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин 5 кылааһын үөрэнээччитэ, 2 үрдэл Элла Эверстова, 1 Баатара орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, 1 үрдэл Айталина Трофимова, Рассолода орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ таҕыста уонна СР уус уран оҥоһуктарын маастара Хорообут нэһилиэгиттэн Федор Васильевич Скрябин анал бирииһин ылла. “Саха иһитэ-хомуоһа” 3 үрдэл Ваня Слепцов, 1 Баатара орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, 2 үрдэл Вадим Птицын, Тумул орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, 1 үрдэл Айтал Баишев, Төҥүлү орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ таҕыста уонна СР норуотун маастара Төҥүлү нэһилиэгиттэн Елисей Андреевич Баишев туруорбут анал бирииһин ылла. “Муос оҥоһуктар” 3 үрдэл Павел Герасимов, Мэлдьэхси орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ 2 үрдэл Володя Максимов, Майатааҕы үөрэтэн оҥорон таһаарар киин 5 кылааһын үөрэнээччитэ, 1 үрдэл Мичил Максимов, Майатааҕы үөрэтэн оҥорон таһаарар киин 8 кылааһын үөрэнээччитэ таҕыста уонна СР норуотун маастара Төҥүлү нэһилиэгиттэн Устин Николаевич Борисов туруорбут анал бирииһин ылла. “Ювелирнай үлэлэр” 3 үрдэл Артем Гоголев, Майатааҕы үөрэтэн оҥорон таһаарар киин 8 кылааһын үөрэнээччитэ, 2 үрдэл Марик Марков, Майатааҕы үөрэтэн оҥорон таһаарар киин 9 кылааһын үөрэнээччитэ, 1 үрдэл Юра Исаков, Ариан Беляев, 1 Баатара орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ таҕыстылар уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн Иннокентий Кононович Захаров туруорбут анал бирииһин ыллылар. “Сыахайдар, сувенирдар” 3 үрдэл Андрей Захаров, 1 Баатара орто оскуолатын 4 кылаас үөрэнээччитэ, 2 үрдэл “Эрчимнээх оҕо саас” бөлөх, “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччилэрэ, 1 үрдэл Сайнаара Аввакумова, “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин 5 кылааһын үөрэнээччитэ таҕыста уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара Төҥүлү нэһилиэгиттэн Попов Трофим Дмитриевич туруорбут анал бирииһин ылла. “Тирииттэн, түүлээхтэн, о5уруоттан оҥоһуктар” 3 үрдэл Нарыйаана Попова, Рассолода орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, 2 үрдэл Ньургуйаана Окорокова, Суола Моорук орто оскуолатын үөрэнээччитэ, 1 үрдэл Динара Жиркова, 1 Баатара орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн Сидоров Валентин Валентинович туруорбут анал бирииһин ылла. “Төрүт иис” 3 үрдэл Яна Яковлева, Рассолода орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, 2 үрдэл Лера Сергеева, Бэдьимэ орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, 1 үрдэл Нарыйаана Готовцева, Төҥүлү орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ уонна СР норуотун маастара Дьанхаады нэһилиэгиттэн Артемьева Александра Владимировна туруорбут анал бирииһин ылар. “Кыл-сиэл оҥоһуктар” 3 үрдэл Сайаана Андросова, Бэдьимэ орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, 2 үрдэл Айсена Дмитриева Суола Моорук орто оскуолатын үөрэнээччитэ,4420:441 үрдэл Сардаана Семенова “Крэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин 11 кылааһын үөрэнээччитэ таҕыста уонна СР норуотун маастара Балыктаах нэһилиэгиттэн Березкина Валентина Владимировна туруорбут анал бирииһин ылла
“БЫҺАР БЫҺАХ”
















Саха – уус. Сах таҥаралаах тимир ууһа-саха киһитэ. Саха омук тимири уһааран уонна тимиринэн уһанан дьоҥҥо, хайа да омук дьонугар, олус туһалаах дьыаланы оҥороруттан быстыбат уһун үйэлэммит.Тимир ууһа былыр даҕаны, билигин даҕаны улуу сүдү киһи буолар. Таастан тимири уһааран ылыы диэн оччолорго айылҕаттан айдарыылаах уоту, тимири кытары кытта кэпсэтэр, олоҕун, өйүн-санаатын, саталын, уус кыһатыгар, уот сыралҕаныгар бараабыт, уурбут киһи буолар. Былыргы сахтан аныгы үйэҕэ дылы эр киһи бастыҥа, күүстээҕэ-күдэхтээҕэ тимири уһаарар, таптайар идэни баһылыыр. Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар тимир ууһа эр дьоммутугар анаан “Быһар быһах” кылааннаах, сытыылаах бастыҥын быһаарар үгэс буолбут күрэхпит тэрилиннэ! Төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт улуустааҕы “Быһар Быһах” күрэх түмүгүн таһаарарга дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Готовцев Роман Ильич – Мындыр Уус, СР норуотун маастара, СР тимир уустарын түмсүүтүн салайааччыта, Говоров Леонид Прокопьевич – Тимир ууһа, СР норуотун маастара, СР үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун “Тимир уустар” түмсүү салайааччыта, Борисов Устин Николаевич - Тимир ууһа, СР норуотун маастара, Баишев Елисей Андреевич – Тимир ууһа, СР норуотун маастара. Быйылгы күрэххэ 20 тимир ууһа кыттыбытыттан финалга 10 кыттааччы тыҥааһыннаахтык киирсэн кыайыылаахтар билиннилэр. Анал ааттары Айаал Петров (Төҥүлү), Петр Аргунов (Төҥүлү), Рустам Юмшанов (Суола Моорук), Сергей Неустроев (Суола Мэлдьэхси), Илья Баишев (Төҥүлү), Эдуард Захаров, Николай Костромин (Аллараа Бэстээх) ыллылар. Саамай бастыҥнарынан тахсан 3 үрдэл Александр Борисов, Хорообут , 2 үрдэл Василий Макаров, уонна 1 үрдэл кыайыылааҕынан Игорь Лебедев, Томтор буоллулар.
“КЫЛААН КЫПТЫЫЙ”














Өбүгэ саҕаттан кыптыый саха дьонугар биир улахан суолталаах туттар малынан биллэр. Кыптыый – кыыс оҕо кута, ыалга кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ кыптыыйы ылан харысхал быһыытынан утуйар тэллэҕин анныгар угаллара. Кыыс оҕо ситиитэ, улаатыыта кыптыыйын ылан иискэ-ууска үөрэнэрэ, ыал ийэтэ буоларга бэлэмнэнэрэ. Кыптыыйы уус дьоҥҥо үлэһэн улахан манньаҕа оҕустараллара, кыптыый оҥоруу судургута суох үлэлээх буолан бары тимир ууһа эрэ оҥорор буолбатах этэ, чахчы уран уус, сатабыллаах уус эрэ охсор этэ. „Мэҥэ Уус“ түһүлгэтигэр бастакытын „Кылаан кыптыый“ улуустааҕы блиц-күрэххэ улууспут тимир уустарын сатабылларын, кыптыыйдара сытыытын, кылаанын бигэргэтэр блиц-күрэх ыытылынна. „Кылаан кыптыый“ күрэххэ дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: - Сергеева Надежда Викторовна - СР уус-уран оҥоһуктарын маастара; - Степанова Анжелика Рудольфовна - Мэҥэ Хаҥалас улууһун учебнай-произвдственнай эбии үөрэхтээһин киинин иистэнньэҥэ. - Плотникова Ольга Николаевна- Гавриил Колесов аатынан “Олоҥхо Дьиэтин” специалиһа, “Мэҥэ Уус” улуустааҕы айар талааннаахтар түмсүүлэрин салайааччыта. Кыптыый сытыытын быһаарар “Кылаан Кыптыый” блиц – күрэх түмүгүнэн 3 үрдэл Устин Николаевич Борисов, Төҥүлү, 2 үрдэл Леонид Прокопьевич Говоров, Төҥүлү, уонна 1 үрдэл кыайыылааҕынан таҕыста Павел Прокопьевич Слепцов, Төҥүлү.


image alt
"МЭҤЭ УУС-2024" КҮРЭХТЭР ТҮМҮКТЭРЭ: “ӨБҮГЭ ТАҤАҺА”












Оройуоннааҕы норуот айымньытын киинэ“Олоҥхо дьиэтэ” тэрийэр улуустааҕы “Өбүгэ таҥаһа” иистэнньэҥнэргэ аналлаах күрэх быйыл ахсыс төгүлүн ыытылынна. Барыта сэттэ иистэнньэҥ кулун тутар 28-29 күннэригэр “Кыыс о5о аныгылыы быһыылаах ырбаахытын” тиктилэр: 1 Степанова Анжелика Рудольфовна, Майа сэлиэнньэтэ. 2 Стручкова Евдокия Радионовна, Майа сэлиэнньэтэ. 3 Алексеева Татьяна Ивановна, 1 Тыыллыма нэһилиэгэ. 4 Никифорова Юлия Григорьевна 1 Тыыллыма нэһилиэгэ. 5 Секова Ия Михайловна, 2 Баатара нэһилиэгэ. 6 Ларионова Наталья Михайловна, Хаптаҕай нэһилиэгэ. 7 Константинова Наталья Романовна, Доллу нэһилиэгэ. “Өбүгэ таҥаһа” иистэнньэҥнэр күрэхтэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: 1. Александра Владимировна Артемьева – СР норуотун маастара, Төхтүрдээҕи оҕо искусство оскуолатын костюмера; 2. Сергеева Надежда Викторовна - СР уус-уран оҥоһуктарын маастара; 3. Туманова Наталья Васильевна – Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара. Үгэс буолбут “Өбүгэ таҥаһа” улуустааҕы иистэнньэҥнэр күрэхтэрин түмүгүнэн: - “Кэскиллээх иистэнньэҥ” анал ааты Юлия Григорьевна Никифорова, 1 Тыыллыма нэһилиэгэ, - “Түргэн туттуулаах иистэнньэҥ” анал ааты Татьяна Ивановна Алексеева, 1 Тыыллыма нэһилиэгэ, -“Уран иэйии” анал ааты Ия Михайловна Секова, Бэдьимэ нэһилиэгэ ыллылар. -3 үрдэл кыайыылаах Наталья Михайловна Ларионова, Хаптаҕай нэһилиэгэ, - 2 үрдэл кыайыылаах Евдокия Радионовна Стручкова , Майа сэлиэнньэтэ, - 1 үрдэл кыайыылаах Наталья Романовна Константинова, Доллу нэһилиэгэ, - Кылаан Чыпчаал кыайыылаах Анжелика Рудольфовна Степанова, Майа сэлиэнньэтэ таҕыстылар.
АЙАР ТАЛААННААХ ДЬИЭ-КЭРГЭТТЭР.










Саха ыала төрүт өбүгэ саҕаттан ииһинэн-ууһунан дьарыгырар буоланнар аныаха дылы тиийэн кэллэхпит, ыал ийэтэ уран тарбахтарынан тутан-хабан дьиэ-кэргэнин толору таҥыннарара, ураһатын, балаҕанын иһин толору туос иһиттээн-хомуостаан, кыбытан-аттаран тигэн суорҕаннаан-тэллэхтээн кэллэҕэ. Ыал аҕата мас иһиттэн саҕалаан дьиэтин-уотун, күрүөтүн-хаһаатын, тимири уһааран быһаҕыттан саҕалаан анньыытыгар тиийэ, уһанар, оттуур-мастыыр сэбин-сэбиргэлин, туттар тээбиринин барытын оҥостон олордоҕо. “Мэҥэ Уус” Мэҥэ Хаҥалас улууһун айар талааннаахтарын дьоро түһүлгэтигэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин, ииһин-ууһун тутан олорор улууспут айар-тутар, киэн туттар уран уус биэс дьиэ – кэргэттэрин үрдүк сыанаҕа ыҥыран Дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Сахабыт Сиригэр оҕо саас сылларынан бэлиэтээн эҕэрдэлээтибит. 1. Аграфена Саввична, Леонид Прокопьевич Говоровтар дьиэ кэргэн, Төҥүлү нэһилиэгэ. Дьиэ кэргэн Далбар Хотун ийэтэ Аграфена Саввична уран тарбахтаах иистэнньэҥ, кылтан-сиэлтэн оҥоһуктара дьон биһирэбилин ылар, ыал Аар Тойон аҕата Леонид Прокопьевич Сахабыт Сиригэр биллэр тимир ууһа, СР норуотун маастара, өр кэмнэргэ Намнааҕы педагогическай колледжка ыччаты уһанарга уһуйда, Мэҥэ тимир уустара түмсүү салайааччыта. Говоровтар дьиэ кэргэн уоллара Леонид эдэр тимир ууһа, кини оҥорбут быһахтара, батыйалара республика таһымнаах күрэхтэр, быыстапкалар кыайыылаахтара. 2. Александра Юрьевна, Руслан Михайлович Терентьевтар дьиэ кэргэн, Хаптаҕай нэһилиэгэ. Александра Юрьевна, Руслан Михайлович уһун кэмҥэ оҕону, ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ үлэлээбит убаастанар учууталлар, кэлиҥҥи сылларга өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин тутуһан ыал ийэтэ Далбар Хотуна Александра Юрьевна, Хаптаҕай нэһилиэгин “Күөгэйэ” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин салайааччыта, саха төрүт ииһигэр, туоһунан оҥоһуктарыгар, сыахайга үлэлэринэн бастыҥ ааттанан аҕыйах кэм иһигэр таһаарыылаах үлэтинэн быйыл Сахабыт Сиригэр норуот маастарын дьоро түһүлгэтигэр СР уус-уран оҥоһуктарын маастара үрдүк ааты ылла. Ыал аҕа тойоно Руслан Михайлович саха төрүт инструмена хомоҕой хомуһу оҥоруунан утумнаахтык дьарыктанар, чуолаан учуутал киһи быһыытынан кыра оҕолор аан маҥнай хомуска үөрэнэллэригэр анаан уустаан-ураннаан оҥорон таһаарар . 3. Валентина Владимировна, Петр Петрович Егоровтар дьиэ – кэргэн, бу тэрээһиҥҥэ Валентина Владимировна уолунаан Владимир Петровичтыын кыттыыны ыллылар. Айар тутар талааннаах мааны Майа бастыҥ ыала Егоровтар дьиэ-кэргэттэрэ Сахабыт Сиригэр биир бастакынан туойунан дьарыктанан “Туойаана” мастерскойу арыйаннар бу сыллар тухары киэҥ далааһыннаахтык үлэлээтилэр. Ыал ийэтэ учуутал идэлээх Валентина Владимировна кэргэнин Петр Петрович айар-тутар үлэтигэр күүс-көмө, өйөбүл буолан Петр Петрович СР норуотун маастара, “Мэҥэ Уус” үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайына. Валентина Владимировна, Петр Петрович улахан дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ, амарах аҕата буолаллар, оҕолоро, сиэннэрэ бука бары төрөппүттэрин утумнаан айар-тутар, саҥаны айар-тутар талааннаах, дьоҕурдаах оҕолор буолаллар. Ыал аҕата Петр Петрович дойдубутугар буола турар быһыынан-майгынан, анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан сылдьар. 4. Сахаайа Васильевна, Елисей Андреевич Баишевтар дьиэ кэргэн, Төҥүлү нэһилиэгэ. Айар тутар талааннаах эдэр дьиэ кэргэн ийэтэ Сахаайа саха төрүт ииһинэн, маска оһуору-мандары кыһыынан дьарыктанар, ыал аҕата Елисей Андреевич өр кэмнэргэ оҕону ууска уһуйар, биллэр тимир ууһа, быйылгы Сахабыт Сиригэр норуот маастарын дьоро түһүлгэтигэр СР уус-уран оҥоһуктарын маастара үрдүк ааты ылла. Сахаайа, Елисей Баишевтар уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн ууска уһуйаллар, бары дьиэ-кэргэнинэн саха мааны мандар чоруун чорооннорун, кытыйаларын оҥорон кэчигирэтэллэр. Елисей Андреевич уолунаан Айталлыын улуус, республика таһымнаах уус күрэхтэрин кыттыылаахтара, кыайыылаахтара. - Эдэр ыаллар Диана Николевна, Иннокентий Кононович Захаровтар, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ.4020:29Кэргэннии Захаровтар идэлэринэн көмүс уустара, иккиэн бииргэ Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын бүтэрэн талан ылбыт идэлэринэн дьиэ кэргэнинэн Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр урбаан тэрилтэ арынан айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Уран уус, сатабыллаах эдэр ыаллар олохтоох нэһилиэнньэ үлэһиитинэн үрүҥ көмүстэн, алтантан кутан уус-уран оҥоһук арааһын оҥороллор, бар дьон махталын, биһирэбилин ылаллар. Улууспут айар талааннаах дьиэ кэргэттэрин эҕэрдэлээтилэр, махтал тылларын эттилэр: - Майа сэлиэнньэтэ тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Иннокентьевич НЕУСТРОЕВ. - Төҥүлү нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин баһылыга Петр Васильевич ЭВЕРСТОВ. - Хаптаҕай нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин баһылыга Иван Прокопьевич ЗЫКОВ. - Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ тыа сирин түөлбэтин баһылыга Юрий Николаевич КОЛМАКОВ.
"МЭҤЭ УУС-2024" НАҔАРААДАЛАР:









Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Иванович ТИХОНОВ “Мэҥэ Уус” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа ыалдьыттаан улууспут айар талааннаахтарын, норуот маастардарын үлэлэрин биһирээтэ, өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин, уус-уран оҥоһуктарын улууспут дьоно-сэргэтэ бары хайысхаларга баһылаабыттар диэн хайҕаата, “Мэҥэ Уус” айар талааннаахтарын түмсүүтүгэр 2000000 солк үптээх туоһу суругу туттарбытын СР норуотун маастара, “Мэҥэ Тимир уустара” түмсүү салайааччыта Леонид Прокопьевич Говоров (Төҥүлү), СР норуотун маастара, саха төрүт ииһин тарҕатааччы Артемьева Александра Владимировна (Дьанхаады) үөрүүлээх быһыыга-майгыга тахсан ыллылар, маны сэргэ Дмитрий Иванович улууспут киинигэр Аллараа Бэстээххэ айар талааннаах дьоммутугар инники үлэлэрэ өссө таһаарыылаах буоларын туһугар “Уус кыһата” үлэҕэ киириэҕэ диэн үтүмэн үөрүүлээх солуну иһитиннэрдэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон дьаһалтатын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланнылар: - Васильева Анастасия Харитоновна – Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара, 2-с Наахара тыа сирин түөлбэтин “Оһуор түһүлгэтэ” түмсүү салайааччыта; - Иванова Саргылана Иннокентьевна – Саха өрөспүүбүлүкэтин уус уран оҥоһуктарын маастара, Дьаҥхаады тыа сирин түөлбэтин «Ситии» түмсүү салайааччыта; - Егорова Валентина Владимировна - Майа сэлиэнньэтэ тыа сирин түөлбэтин «Туойаана» керамическай мастерской туой оҥоһуктарын маастара ; Мэҥэ Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон дьаһалтатын Махтал Суруктара туттарылыннылар: - Неустроева Татьяна Власьевнаҕа Дьанхаады нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин ювелир маастарыгар; - Шарин Радион Викторовичка – Мэлдьэхси нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин тимир ууһугар. - Судико Валерия Вагановнаҕа – Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагог маастарыгар, «Уран Майа» түмсүү иистэнньэҥэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон Депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Иннокентьевич АНДРОСОВ “Мэҥэ Уус” дьоро түһүлгэтэ тэриллибитинэн улууспут айар талааннаахтарын, норуот маастардарын эҕэрдэлээтэ уонна айымньылаахтык үлэлээбит дьоммутугар наҕараадалары туттартаата. Мэҥэ Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон Деспутаттарын Сэбиэтин Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаланнылар : - Елисей Андреевич, Сахая Васильевна Баишевтар уран талааннаах дьиэ кэргэттэрэ Төҥүлү нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтэ «Якутия Мастеровая» өрөспүүбүлэкэтээҕи быыстапка дьаарбаҥка иһинэн ыытыллыбыт «Удьаа хамыйах, көҥкөлөй» күрэх кыттыылаахтара. - Руслан Михайлович, Александра Юрьевна Терентьевтар уран талааннаах дьиэ кэргэттэрэ, Хапта5ай нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтэ «Якутия Мастеровая» өрөспүүбүлэкэтээҕи быыстапка дьаарбаҥка иһинэн ыытыллыбыт Норуот ускусстубатын үтүө үгэһэ дьиэ кэргэнҥэ саҕаланар коммуникационнай былаһаакка кыттыылаахтара. Мэҥэ Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон Депутаттарын Сэбиэтин Махтал Суруктара туттарылыннылар : - Аргунов Петр Владиславовичка – Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастарыгар, Төҥүлү нэҺилиэгэ тыа сирин түөлбэтин тимир ууһугар ; - Лукина Лена Николаевнаҕа – Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастарыгар, Хаптаҕай нэҺилиэгэ тыа сирин түөлбэтин иистэнньэҥэр, «Күөгэйэ» түмсүү салайааччытыгар, «Өттүк симэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи иистэнньэҥнэр күрэхтэрин кыттыылааҕар
Мэҥэ Хаҥалас улууһун айар талааннаахтарын, уран тарбахтаах уустарын, иэйиилээх иистэнньэҥнэрин эҕэрдэлээтэ уонна наҕараадалары туттартаата Саха төрүт уус-уран оҥоһуктарын, дьарыгын үөрэтэр, тилиннэрэр, сайыннарар, тарҕатар Саха Республикатын “Симэх” национальнай искусство киинин сүрүннүүр үлэһитэ Анна Константиновна КАПУСТИНА. «Саха өрөспүүбүлүкэтин уус уран хайысхата сайдарыгар киллэрбит кылаатын иһин” бэлиэ туттарылынна - Саха өрөспүүбүлүкэтин уус уран оҥоһуктарын маастарыгар, Дьаҥхаады нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин Ситии түмүсүү салайааччытыгар Иванова Саргылана Иннокентьевнаҕа «Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара » албан аат туттарылынна: - Кыл кырымпаны Аан дойду таһымыгар таһаарбыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дархан ууһугар Габышев Руслан Прокопьевичка, Майа сэлиэнньэтэ . «Саха өрөспүүбүлүкэтин уус уран оҥоһуктарын маастара » анал бэлиэлэр туттарылыннылар - Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастарыгар , Тараҕай нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтэ «Утум» түмсүү салайааччытыгар Маркова Марианна Викторовнаҕа - Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастарыгар, Хаптаҕай нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтэ «Күөгэйэ» түмсүү салайааччытыгар Лукина Лена Николаевнаҕа Саха өрөспүүбүлүкэтин «Симэх» национальнай ускусство киинин Бочуоттаах грамоталара туттарылыннылар : - Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастарыгар, Бүтэйдээх нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин мас ууһугар Иванов Хрисанф Семеновичка; - Төҥүлү нэҺилиэгэ тыа сирин түөлбэтин кылтан-сиэлтэн өрүү сатабыллаах маастарыгар Говорова Аграфена Саввичнаҕа Саха өрөспүүбүлүкэтин «Симэх» национальнай искусство киинин Махатал суруктара туттарылыннылар : - Ефимова Мария Владимировнаҕа – «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагог маастарыгар, кукольник маастарга - цветы УКиДР . - В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын «Уһуйаан» түмсүү салайааччытыгар Куличкина Елизавета Егоровнаҕа - Прокопий Прокопьевич Шестаковка, тирииттэн оңоһуктар маастардарыгар, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ.
Улууспут айар талааннаахтарын эҕэрдэлээтэ уонна наҕараадалары туттарда Мэҥэ Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччытын солбуйааччыта Александр Сергеевич КУЛЕШОВ. «Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара» анал бэлиэ туттарылыннылар 1. Иванов Роман Владимировичка, тимир ууһугар, Рассолода нэһилиэгэ. 2. Ченянов Дмитрий Павловичка, саха төрүт кырыымпатын ууһугар, Мөҥүрүөн нэһилиэгэ 3. Егорова Валентина Владимировнаҕа, “Туойаана” керамическай мастерской маастарыгар, Майа сэлиэнньэтэ 4. Стручкова Евдокия Радионовнаҕа, “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин уһуйааччытыгар, Майа сэлиэнньэтэ 5. Терентьев Руслан Михайловичка, хомус ууүугар, Хаптаҕай нэһилиэгэ 6. Ларионова Наталья Михайловнаҕа, саха төрүт таҥаһын иистэнньэҥэр, Хаптаҕай нэһилиэгэ 7. Аргунов Виктор Иннокентьевичка, мас ууһугар, – 2 Наахара нэһилиэгэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун норуотун маастара «Дархан Уус» анал аат туттарылыннылар - Федорова Евдокия Ивановнаҕа Хаптаҕай нэһилиэгин “Умсулҕан” түмсүү салайааччытыгар - Макаров Николай Николаевичка СР норуотун маастарыгар, Тараҕай нэһилиэгэ тыа сирин түөлбэтин биллэр көстөр ууһугар. - Бубякина Анастасия Ивановнаҕа – СР норуотун маастарыгар, 2 Наахара нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт.
"Мэҥэ Уус” үгэс буолбут норуот айар талааннаахтарын түһүлгэтин сүрүн тэрйиээччитэ Гавриил Гаврильевич Колесов аатынан оройуоннааҕы норуот айымньытын киинэ “Олоҥхо Дьиэтин” салайааччыта Евдокия Николаевна ИВАНОВА эҕэрдэлээтэ уонна наҕараадалары туттартаата. «Мэҥэ Уус» үрүҥ көмүс түөскэ анньыллар анал бэлиэ уонна 5000 солкуобай биир кэмнээх бириэмийэ туттарылынна - “Мэҥэ Тимир уустара” түмсүү салайааччытыгар, СӨ норуотун маастарыгар, тимир ууһугар Говоров Леонид Прокопьевичка. Саха төрүт ииһигэр киллэрбит кылаатын иһин СР норуотун маастара, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Прокопьевна Скрябина аатынан “Уран иис” түөскэ анньыллар үрүҥ көмүс бэлиэ туттарылынна - “Уран Майа” түмсүү салайааччытыгар, СР уус-уран оҥоһуктарын маастарыгар Сергеева Надежда Викторовнаҕа, уонна биир кэмнээх 5000 солкуобай бириэмийэни олохтоотулар Анна Прокопьевна Скрябина оҕолоро Федоровтар дьиэ-кэргэн. Гавриил Гаврильевич Колесов аатынан оройуоннааҕы норуот айымньытын киинэ “Олоҥхо Дьиэтэ” аныыр «Төрүт үгэһи тарҕатааччы» түөскэ кэтиллэр анал бэлиэ туттарылыннылар - Дьанхаады нэһилиэгин “Хатат” түмсүү салайааччытыгар, СР норуотун маастарыгар Александра Владимировна Артемьеваҕа - СР норуотун маастарыгар Устин Николаевич Борисовка, Төҥүлү нэһилиэгэ. - Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастарыгар, 2 Наахара нэһилиэгин “Оһуор түһүлгэтэ” түмсүү салайааччытыгар Анастасия Харитоновна Васильеваҕа - СР уус уран оҥоһуктарын маастарыгар Савва Александрович Левинҥа, Тараҕай нэһилиэгэ. - Дьокуускайдааҕы художественнай училище салайааччытыгар, СР искусствотын үтүөлээх деятелигэр, СР народнай художнигар Кирилл Петрович Гаврильев – Кинтэнҥэ. - Саха төрүт уус-уран оҥоһуктарын, дьарыгын үөрэтэр, тилиннэрэр, сайыннарар, тарҕатар Саха Республикатын “Симэх” национальнай искусство киинин салайааччыта Яна Викторовна Игнатьеваҕа.
"Дойдубутугар дьиэ кэргэн, Сахабыт Сиригэр о5о саас сылларыгар аналлаах “МЭҤЭ УУС-2024” Мэҥэ Хаҥалас улууһугар норуот айар талааннаахтарын күнүн үөрүүлээх тэрээһинэ киэҥ далааһыннаахтык тэрилиннэ.






Саха дьоно уһун кыһыннаах, хабараан тымныылаах дойдуга олохтоох буоланнар, эрэйи, кыһалҕаны эҥээрдэринэн тэлэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ыарахан илии үлэтин чэпчэтиигэ, иһити-хомуоһу дэлэтиигэ, киэргэли-симэҕи үксэтиигэ, дьиэни-уоту оҥостууга, туойу, туоһу эллээһиҥҥэ, тимири, алтаны уһаарыыга, маһы, талаҕы туттууга анаан – минээн дьарыктанар ураты дьоҕурдаах дьоннору көҕүлээн, уһаннаран, күннээҕи кыһалҕаларыгар соруйсан түөлбэ-түөлбэ аайы уустар баар буолбуттар эбит. Уустар көмөлөрүнэн, кинилэр өркөн өйдөрүнэн саха норуота бу уһун чысхаан кыһыннаах дойдуга балаҕан дьиэлэнэн, сыһыары хотоннонон, сүгэлэнэн, быһахтанан, билигин сахалыы диэн ааттыыр иһиттэнэн-хомуостанан, омуктартан ураты таҥастанан-саптанан төрүт култуурабытын үйэттэн үйэҕэ чочуйан, сайыннаран, уустар көмөлөрүнэн киһи-хара буолан, инники олохпутугар үчүгэйгэ эрэ үлүһүйэн, кэрэҕэ эрэ тардыһан кэллэхпит эбээт! Муус устар 2 күнүгэр Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин Тимир Пинегин аатынан “Парус” спорт уораҕайыгар Дойдубутугар дьиэ кэргэн, Сахабыт Сиригэр оҕо саас сылларынан үгэс буолбут Мэҥэ Хаҥалас улууһугар “Мэҥэ Уус” норуот маастардарын, айар талааннаахтарын дьоро түһүлгэтэ тэрилиннэ. Бу күн улууспут бары нэһилиэктэрэ кыттыылаах аҕыс хайысхаҕа быыстапка-дьаарбаҥкаҕа барыта 500 тахспа уус-уран оҥоһук көрдөрүүгэ турда, Сахабыт сиригэр оҕо саас сылынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэнээччилэрин “Оһуор мандар түһүлгэ” уус-уран быыстапкалара бар дьон көрүүтүгэр турда, сыаналаннылар. “Мэҥэ Уус” улууспут айар талааннаахтарын түһүлгэтин Дьокуускайдааҕы художественнай училище (колледж), Дьокуускайдааҕы “Айар Уустар” технология уонна дизайн колледж устудьуоннара , Төҥүлүүтэн Николаева Лидия Михайловна валянияҕа, Майаттан "Туойаана" керамическай мастерской маастара Валентина Владимировна Егорова уолунаан Владимир Петровичтыын туойга маастар-кылаастары тэрийэннэр быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһинин киэргэттилэр, үрдүк таһымнаатылар. “Мэҥэ Уус” дьоро түһүлгэ Хаптаҕай нэһилиэгин “Күөгэйэ” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ, салайааччылар: Александра Юрьевна Терентьева, Лена Николаевна Лукина, “Айыыһыты атаарыы сиэрин-туомун” көрдөрдүлэр, бу түгэни СР норуотун маастара, саха төрүт дорҕоонун үөрэтэр, тарҕатар кырыымпаһыт биир дойдулаахпыт Майаттан Руслан Габышев тыыннаах доҕуһуолунан киэргэттэ. Сахабыт Сиригэр оҕо саас сылынан үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кырачаан оҕолорбут Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин “Күнчээн” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ “Харысхал” коллекцияны көрдөрдүлэр, хомусчут Лев Захарченко хомуһун тыаһын бэлэхтээн кыттыыны ыллылар, салайааччылар: Федора Трофимова, Наталья Винокурова. Аллара Бэстээх “Ай-тыын” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы СР культуратын туйгуна Ньургустана Черкашина, “Айыллыы”, “Эрэлчээн” фольклорнай бөлөхтөр, салайааччы Аксинья Степанова, ырыаһыттар Николай Новгородов-Сиэрдээх Сэһэн, Кай Эверстов, Мэлдьэхси нэһилиэгин “Далбар” түмсүү, салайааччы Матрена Петровна Степанова тикпит сахалыы таҥастарын коллекцияларын, “Кыл-сиэл оҥоһуктар” дефилеҕа Төҥүлү, Хаптаҕай, Мэлдьэхси, Бүтэйдээх, Дьанхаады, 2 Наахара, Нөөрүктээйи, Доллу, 2 Баатара уонна Дьабыыл нэһилиэгин уран тарбахтаах Далбар Хотуттара, “Сайыҥҥы, күһүҥҥү оноолоох соннор” дефилеҕа Хаптаҕай нэһилиэгин “Күөгэйэ” түмсүүтэ, салайааччылар: Александра Юрьевна Терентьева, Лена Николаевна Лукина, Хаптаҕай нэһилиэгин “Умсулҕан” түмсүүтэ, салайааччы: Евдокия Ивановна Федорова, Майа сэлиэнньэтин “Уран Майа” түмсүүтэ, салайааччы: Надежда Викторовна Сергеева уонна Төҥүлү нэһилиэгин “Доруобуйа” түмсүүтэ, салайааччы: Надежда Николаевна Оконешникова кыттыыны ылан киэргэттилэр.
“Мэҥэ Уус” түһүлгэҕэ үөрүүлээх түгэнинэн буолла биир дойдулаахпыт 2 Наахара нэһилиэгиттэн төрүттээх СР норуотун маастара, СР үөрэҕириитин туйгуна, 2 Наахара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо айар куттаах, уран тарбахтаах Анастасия Ивановна Бубякинана ыалдьыттыы кэлэн Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтигэр бэйэтэ уустаан-ураннаан тикпит 5 панно-көбүөрүн бэлэх уунна.
"КУЙУУР ОЛОҤХОТО-2024" олоҥхону толорооччу ыччаттарын күрэҕэ ыытылынна!





Кулун тутар 30-31 күннэригэр 1 Тыыллыма нэһилиэгэр биир дойдулаахпыт М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, тыл билимин хандьыдаата Галина Семеновна Попова-Санаайа бырайыагынан , 75 сааһын туолбут үбүлүөйдээх сылынан ыччат олоҥхону толорооччулар республикатааҕы "Куйуур олоҥхото-2024" номнуо онус сылын ыытылынна. Кулун тутар 30 күнүгэр "Куйуур олоҥхотун" үөрүүлээх аһыллыытыгар алгыс сиэрин-туомун ыччат олоҥхону толорооччу, сүрүн тэрийээччи Виталий Никифоров түһэрдэ, Виталий Никифоров Аргунова Марианна Петровна үөрэтэр, олоҥхоҕо уһуйар "Сарыал" оҕолор олоҥхону толорооччуларын бөлөхтөрө Н.И.Степанов-Ноорой «Күн Эрили" олоҥхотун толорбуттарын астына иһиттибит, олус сэргээтибит. Кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары 1 Тыыллыма нэһилиэгин баһылыга Руслан Васильевич Афанасьев, СР Олоҥхо Ассоциациятын президенэ Февронья Васильевна Шишигина, Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтин салайааччыта Евдокия Николаевна Иванова эҕэрдэлээтилэр. Күн иккис аҥарыгар "Санаайа саһарҕалаах санаалара" дьиэ кэргэн, оҕо саас сылларынан оҕону иитиигэ олоҥхо оруолун тула аһаҕас кэпсэтии өрө күүрүүлээхтик барда, кыттааччы ыччаттар, олохтоохтор бука бары санааларын сайа этиннилэр, мөккүһүү да баар буолла, кыайтарбат кыһалҕалары быһаарарга сүбэлэстилэр, бары да уран тыллаах-өстөөх ыччаттар мустубут буолан этэн-тыынан элбэх саҥа толкуйдары үөскэттилэр. Аһаҕас кэпсэтии кэннэ олоҥхону оллоонноон олорон истии буолла, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: -Бырайыак ааптара, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора Галина Семеновна Попова-Санаайа; -СР Олоҥхо Ассоциациятын президенэ Февронья Васильевна Шишигина; -Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтин салайааччыта Евдокия Николаевна Иванова; -СР Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ Ульяна Михайловна Флегонтова; -1Тыыллыма нэһилиэгин элбэх хайысхалаах сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта, тэрийээччи Виталий Витальевич Никифоров. "Куйуур олоҥхото" күрэх иккис күнүгэр кулун тутар 31 күнүгэр үгэс быһыытынан бука бары Лүкээрики эбэҕэ киирэн көмүс хатырыктааҕы үөрэ-көтө куйуурдаатыбыт. Быйылгы Куйуур олоҥхотугар бары 12 олоҥхону толорооччу ыччаттар: -Мира Егорова, Бөтүҥ, Амма улууһа; -Сайыына Шамаева, Тааһаҕар, Бүлүү улууһа; -Айта Васильева, Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас улууһа; -Прасковья Лебедева, Покровскай куорат, Хаҥалас улууһа; -Нарыйаана Шамаева, Тааһаҕар, Бүлүү улууһа; -Гаврил Менкяров, Дьокуускай куорат; -Анатолий Захаров, Чурапчы; -Арчыман Номоҕон, Ытык күөл, Таатта улууһа, -Егор Никифоров, Бөтүҥ, Амма улууһа; -Зинаида Бураева, Амма; -Марфа Аммосова, Дьанхаады, Мэҥэ Хаҥалас улууһа кытыннылар. Быйылгы күөн-күрэххэ бары да ааттаах-суоллаах, улахан күрэхтэр кылаан кыайыылаахтара илин-кэлин түсүһэн сүрдээх тыҥааһыннаах олоҥхону толоруу буолла, түмүккэ: -«Кэскиллээх олоҥхоһут” анал аат саамай эдэр кыттааччы Нарыйаана Шамаева, Тааһаҕар, Бүлүү уонна 1Тыыллыма нэһилиэгин Аркадий Алексеев аатынан элбэх хайысхалаах культура дьиэтин анал бирииһин ылла; -"Түөлбэ олоҥхотун утумнааччы" анал аат Егор Никифоров, Бөтүҥ, Амма улууһа уонна 1 Тыыллыма нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын анал бирииһэ, баһылык Руслан Васильевич Афанасьев; -"Удьуор утумун тутар олоҥхоһут" анал аат Сайыына Шамаева, Тааһаҕар, Бүлүү, уонна 1 Тыыллыма нэһилиэгин "Улуу Тоҕой" түмсүү, "Күнчээн" оҕо уһуйаанын, салайааччы Дайбаннырова Надежда Владимировна анал бириистэрин ылла; -"Хомоҕой тыллаах олоҥхоһут" Анатолий Захаров, Чурапчы уонна Мария, Станислав Ивановтар, С.З.Борисов аатынан 1Тыыллыма орто оскуолатын салайааччы: Константин Анатольевич Захаров анал анал бириистэрин ылла; -"Уһун тыыннаах олонхоһут" анал аат Мира Егорова, Бөтүҥ, Амма улууһа уонна СР Олоҥхо Ассоциациятын анал бирииһэ, салайааччы: Февронья Васильевна Шишигина; -"Кылыһах ырыалаах олоҥхоһут" анал аат Айта Васильева Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, 1Тыыллыма нэһилиэгин участковай балыыһатын, салайааччы: Меркулова Ангелина Васильевна ана бирииһин ылла;7017:51-"Түһүлгэлээх олоҥхоһут" анал аат Станислав Иванов, Майа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа уонна "Альтернатива" ХЭТ , "Армон" ХЭТ салайааччы: Михаил Васильевич Бродников анал бириистэрин ылла; "Тэтими тутар олоҥхоһут" анал Марфа Аммосова, Дьанхаады, Мэҥэ Хаҥалас уонна 1 Тыыллыма нэһилиэгин "Улуу тоҕой" түмсүү, СР Олоҥхо Ассоциациятын анал бириистэрин ылла. "Куйуур олоҥхото-2024" күрэххэ: 3 добун сурук- Зинаида Бураева, Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга методическай киин салайааччыта Галия Артемовна Герасимова уонна Олоҥхо Ассоцияцията туруорбут 15000 солк үптээх сертификаты тутта; 2 добун сурук -Арчыман Номоҕон, Ытык Күөл, Таатта уонна Олоҥхо Ассоциациятын 20000 үптээх сертификаты тутта; 1 добун сурук- Прасковья Лебедева, Покровскай куорат, Хаҥалас уонна Галина Семеновна Попова-Санаайа туруорбут үрүҥ көмүс бастыҥатын уонна Олоҥхо Ассоциациятын 25000 үптээх тертификаты тутта. Дьэ уонна республикатааҕы онус төгүлүн ыытыллыбыт "Куйуур олоҥхото-2024" ыччат олоҥхону толорооччулар түһүлгэлэригэр муҥутуур Кылаан Чыпчаал кыайыылаах аатын Дьокуускай куораттан Гаврил Менкяров ылыан ылла, киниэхэ "Монолит" тэрилтэ салайааччыта Захар Николаевич Яковлев 30000 уу харчынан ону таһынан Олоҥхо Ассоцияцията туруорбут 50000 солк үптээх сертификатынан наҕараадаланна. "Куйуур олоҥхото-2024" онус төгүлүн ычтыллар күрэх киэҥ далааһыннаахтык буолан ааста, бука бары кыттааччыларга, тэрийээччилэргэ барҕа махтал тыл буоллун!
"ӨБҮГЭ ТАҤАҺА" үгэс буолбут иистэнньэҥнэр күрэхтэрэ.



Кыыс оҕо – сир сиэдэрэй сибэккитэ диэн өбүгэлэрбит этэллэр. Саха дьоно кыыс оҕону кыра эрдэҕиттэн кэрэ, нарын-намчы диэн өйдөблүгэ тирэҕирэн, төһө кыалларынан маанытык таҥыннаран, киэргэтэн-симээн сибэкки курдук харыстаан – бүөбэйдээн иитэллэрэ. Дойдубутугар дьиэ кэргэн, Сахабыт Сиригэр оҕо саас сылларыгар анаан 9-10 саастаах кыргыттарга аныгылыы быһыылаах ырбаахы тигиитигэр кулун тутар 28-29 күннэригэр „Өбүгэ таҥаһа“ уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрбитигэр күөн-күрэстэрэ ыытылынна. Быйылгы иис күрэҕэр 7 иистэнньэҥ: - Ларионова Наталия Михайловна, Хаптаҕай нэһилиэгэ; - Константинова Наталья Романовна , Доллу нэһилиэгэ, - Никифорова Юлия Григорьевна, 1 Тыыллыма нэһилиэгэ; - Стручкова Евдокия Радионовна, Майа сэлиэнньэтэ; -Алексеева Татьяна Ивановна, 1 Тыыллыма нэһилиэгэ; - Секова Ия Михайловна, 2 Баатара нэһилиэгэ; -Степанова Анжелика Рудольфовна, Майа сэлиэнньэтэ кыттыыны ылан сибэкки курдук кыргыттарбытыгар ураты кэрэ кыыс оҕо ырбаахыларын тиктилэр. "Өбүгэ таҥаһа" иистэнньэҥнэр күрэхтэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ: Артемьева Александра Владимировна, СР норуотун маастара, Сергеева Надежда Викторовна СР уус-уран оҥоһуктарын маастара, Уран Майа" түмсүү салайааччыта уонна Туманова Наталья Васильевна Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара үлэлээтилэр. "Өбүгэ таҥаһа" иистэнньэҥнэрбит күрэхтэрин түмүгэ муус устар 2 күнүгэр Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин "ПАРУС" спорт уораҕайыгар ыытыллар "МЭҤЭ УУС" норуот айар талааннаахтарын түһүлгэтигэр биллиэҕэ.
"ӨБҮГЭ СИЭРЭ-ТУОМА" сиэри-туому толорууга аһаҕас фестиваль түмүктэннэ.

Аҕыс иилээх-саҕалаах Аан Ийэ дойду айыллыаҕыттан, иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх, бокуйар сүһүөхтээх Ураанхай саха дэнэн бу баччааҥҥа диэри киһи төрдө буолан кэллэхпит. Ол усталаах - туоратыгар Үөһээ үрдүк Айыыларга, Иччилэргэ сүгүрүйэн, быстыбат быйаҥнанан, уостубат уйгуланан, удьуорбутун ууһатан, сыдьааммытын кэҥэтэн, үөрэх-билии ылан, үүнэн –сайдан кэллибит. Былыр өбүгэлэрбит суругу-бичиги билбэт этилэр, ол оннугар айылҕа араас кистэлэҥнэрин билэр буолан, кинини кытта бииргэ алтыһан, харыстаан, сиэри-туому толорон, олохторун оҥостоллоро. Бүгүҥҥү үтүө мааны күҥҥэ , Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин Культура Дьиэтигэр Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтэ тэрийбит аан бастакытын ыытыллар “Өбүгэ сиэрэ-туома” сиэри-туому толорууга аһаҕас күрэхпит ыытылынна. Аллараа Бэстээхтэн, Хаптаҕайтан, Майаттан, Нөөрүктээйиттэн кыттааччыларбыт өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит төрүт итэҕэлбит сиэрин ситэрэн, туомун толорон, бар дьоммутугар көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ Ытык мааны алгысчыт, сиэри-туому тарҕатааччы, СР Дархан олоҥхону толорооччута, тойуксут Петр Максимович ТИХОНОВ-ТЭРЧИ, "Эрэл” саха төрүт үҥкүүтүн ансаамбылын салайааччыта, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Сима Петровна ТОЛСТЯКОВА, Мэҥэ Хаҥалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын сүрүннүүр үлэһитэ, алгысчыт Спиридон Спиридонович ГРИГОРЬЕВ – ИЛГЭЛЭЭХ ИСПИРИДИЭН, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Гавриил Колесов аатынан оройуоннааҕы норуот айымньытын киинэ Олоҥхо Дьиэтин салайааччыта Евдокия Николаевна ИВАНОВА үлэлээтилэр. Кыттааччылар бука бары сиэри-туому толороллоругар таҥастарын-саптарын, туттар малларын-салларын оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэрин дьүүллүүр сүбэ хайҕаата, кэлиҥҥи өттүгэр сиэри-туому көрдөрөргө тылларыгар-өстөрүгэр, хамсаныыларыгар болҕомтону ууралларыгар баҕа санааларын эттилэр. Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн: -3 үрдэл "Дьөһөгөй ый туома" Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн "Айыы алаһата" түмсүү (Бириис: 5000солк); -2 үрдэл "Салама ыйааһын сиэрэ-туома" Майа сэлиэнньэтин "Кыталык" киинин иһинэн дьарыктанар Түһүлгэ" түмсүүтэ (Бириис: 8000солк); -1 үрдэл "Кымыс иһиитин сиэрэ-туома" Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн "Айыллыы" түмсүү (Бириис: 10000солк); -КЫЛААН ЧЫПЧААЛ кыайыылаах "Айыыһыты атаарыы сиэрэ-туомун" уонна "Кийиит кыыһы таҥыннарыы сиэрин-туомун" көрдөрөн Хаптаҕай нэһилиэгин "Күөгэйэ" түмсүү буоллулар (Бириис: 15000солк). Бука бары кыттыбыт түмсүүлэрбитигэр, нэһилиэктэрбитигэр тэрийээччилэр аатарыттан махталбытын биллэрэбит!
image alt
"Күн Дьөһөгөй"Улуустааҕы сылгыһыт күнүгэр аналлаах уус уран быыстапка.
Саха - сылгы таңаралаах... Сылгылаах буолан өбүгэ са5аттан саха дьоно хаар, муус дойдуну иччилээн, Дьөһөгөй о5отуттан аһаан, таңнан, миинэр миңэ, чугас до5ор оңостон күн бачча5а дылы тиийэн кэллэхпит. Бүгүн кулун тутар 21 күнүгэр Сахабыт Сиригэр Сылгыһыт күнүгэр аналлаах Хара нэһилиэгин «Чыпчаал» спорт уора5айыгар уонна «Куоң харах» ипподромңа 8 төгүлүн улуустаа5ы «Сылгыһыт күнүн» киэң далааһыннаахтык бэлиэтээтибит. Улуустаа5ы сылгыһыттар күннэрин чэрчитинэн үгэс буолбут «Күн Дьөһөгөй» уус уран быыстапка ыытыллан сылгыһыт күнүн тэрээһинин киэргэттэ. «Күн Дьөһөгөй» уус уран быыстапка5а Хара, Нөөрүктээйи, Дьанхаады, Доллу, Бүтэйдээх, Хаптағай, 2 Наахара, 1, 2 Баатара нэһилиэкиэрин айар талааннаах, уран уус Далбар Хотуттара кылтан- сиэлтэн бастың үлэлэрин туруордулар. «Күн Дьөһөгөй» уус уран быыстапка түмүгүнэн «Бастың дьүһүйүү» анал ааты Дьанхаады нэһилиэгин «Ситии» түмсүүтэ, сал: Иванова С.И., «Үүнэр көлүөнэни үөрэтии» анал ааты Нөөрүктээйи нэһилиэгин «Алгыс» түмсүүтэ, сал: Тотонова Т.В., «Төрүт үгэһи үксэтии» анал ааты 2 Наахара нэһилиэгин «Оһуор түһүлгэтэ» түмсүү, сал: Устинова М.С. , 3 үрдэл Лукина Лена Николаевна, Хапта5ай нэһилиэгэ, 2 үрдэл Яковлева Эмма Павловна, Дьанхаады нэһилиэгэ, 1 үрдэл Сивцева Мария Петровна, Хапта5ай нэһилиэгэ ыллылар. Үгэс буолбут «Күн Дьөһөгөй» уус- уран быыстапка5а дьүүллүүр сүбэ5э Р.Г. Васильев аатынан Майатаа5ы кыраайы үөрэтэр түмэл сүрүннүүр үлэһитэ Эверстов Александр Владимирович, СР уус уран оңоһуктарын маастара Иванова Саргылана Иннокентьевна уонна Мэңэ Хаңалас улууһун «Мэңэ Уус» норуот маастардарын түмсүүтүн салайааччыта, Г.Г. Колесов аатынан Олоңхо Дьиэтин специалиһа Плотникова Ольга Николаевна үлэлээтилэр. Бука бары «Күн Дьөһөгөй» уус уран быыстапкабытыгар кыттыбыт айар талаанаахтарбытыгар махталбытын биллэрэбит!
"ОЛОҤХОҺУТТАР
ЭНЦИКЛОПЕДИЯЛАРА"

Сахабыт Сиригэр аан бастакы "ОЛОҤХОҺУТТАР
ЭНЦИКЛОПЕДИЯЛАРА" тахсарынан бүгүн олунньу 8 күнүгэр Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Олоҥхоһуттарын сыдьааннара, аймахтара мустан төгүрүк остуолга кытыннылар. Төгүрүк остуол сүбэ мунньаҕын СР Олоҥхо Ассоциацията уопсастыбаннай түмсүү президенэ Февронья Васильевна Шишигина, Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтин салайааччыта Евдокия Николаевна Иванова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Биһиги улууспутугар 2013 с "Ураһалаах" алааска ыытыллыбыт Республикатааҕы Олоҥхо Ыһыаҕар тахсыбыт "Мэҥэ Хаҥалас улууһун олоҥхоһуттара" антология кинигэҕэ киирбитинэн чинчийии түмүгүнэн 200-тахса олоҥхоһут олорон ааспыта биллибитэ. Күн бүгүн улууспутугар биллэр олоҥхоһуттар Догдоҥоттон ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Иванович Степанов-Ноорой, 2 Наахараттан ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Алексеевич Абрамов -Кынат, Тараҕай нэһилиэгиттэн ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Иванович Бурнашев -Тоҥ Суорун ааттара суоллара, олоҥхолоро киэҥник биллэр. Бүгүҥҥү төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар, олоҥхоһуттар сыдьааннарыгар олоҥхоһут төрүттэрин дириҥник хасыһан, үөрэтэн, чинчийэн сурукка тиһэн хомуйалларыгар улахан сорук турда. Саха чулуу олоҥхотун доллоһута туойан сүҥэн илдьэ сылдьыбыт уран уус тыллаах өстөөх, талба талааннаах төрүттэрин олохторун суолталаан, ытыктаан кыттыыны ыла кэлбит дьоммутугар махтанабыт!
image alt
"СЫАХАЙ ОҤОРООЧЧУЛАР
төгүрүк остуолга муһуннулар".







Бүгүн тохсунньу 30 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун сыахай оҥорооччулара саҥа 2024 сылга үлэлэрин торумнуур төгүрүк остуолга муһуннулар. Улууспут сыахай оҥорооччулара биир бастыҥ түмүктээх көрдөрүүлээх айар талааннаахтар түмсүүлэрэ буолар, ааспыт сылларга сыахайдьыттар бары түмсэн оҥорбут «Байанай», «Ыһыах" композициялара дьон биһирэбилин ылбыта, улахан күрэхтэргэ кыайыылаах буолбуттара, маны таһынан "Оҕо сааһым одуулуур" үгэс буолбут сылын аайы уус-уран быыстапканы тэрийэллэр. Биһиги улууспут сыахай оҥоруутугар биир бастакы саҕалааччылар буолабыт, биир дойдулаахпыт Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн СР норуотун маастара Василий Андросов сыахай оҥорон саҕалаан бу сылларга үтүмэн элбэх дьоҥҥо бэйэтин билиитин-көрүүтүн, сатабылын үллэһиннэ, элбэх киһини үөрэттэ. Быйылгы саҥа үүммүт сылга саҥа толкуйдаах, айар-тутар үлэҕэ баҕалаах саҥа сыахайдьыттар кэлбиттэрин үөрэ көрүстүбүт. Быйыл да сыахайдьыттар сүргэлэрэ көтөҕүллэн саҥа композицияны оҥорорго сүбэлэһэн, сөбүлэһэн олороллор, улууска түмсүүгэ саҥа салайааччынан Төҥүлүттэн СР уус-уран оҥоһуктарын маастарын, бу эйгэҕэ ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлиир Лидия Михайловна Николаеваны биир сүбэнэн таллылар. Сыахайдьыттарбытыгар санаабыккыт сатаннын, толкуйдаабыккыт тобулуннун диэн баҕа санаабытын этэбит!
image altimage altimage alt
«КЫНАТ» Мэҥэ Хаҥалас улууһун кэрэ эйгэтин үлэһиттэригэр бастакы бириэмийэ олохтонно!





Бүгүн тохсунньу 26 күнүгэр Майатааҕы Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр аан бастакы "КЫНАТ" култуура эйгэтин үлэһиттэрин бириэмийэтин туттарыы дьоро тэрээһинэ буолла. Убаастыыр салайааччыбытын, Гавриил Колесов аатынан Олонхо Дьиэтин салайааччытын Евдокия Николаевнаны "Бастыҥ салайааччы", фольклорга специалист Аксинья Николаевнаны "Бастыҥ фольклорист", бииргэ алтыһан үлэлиир коллегаларбытын Аллараа Бэстээх элбэх хайысхалаах культура киинин режиссера Мария Сергеевна Владимированы "Бастыҥ режиссер", Ньургустана Федоровна Черкашинаны "Бастыҥ хореограф" анал ааттар кыайыылаахтара буолбуттарынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Айымньылаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт!
image altimage altimage alt
КЫЛГА СИЭЛГЭ МААСТАР КЫЛААС




Бүгүн тохсунньу 26 күнүгэр Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтигэр үгэс буолбут "В.К. Степанов аатынан Культура уонна спорт эстафетатыгар" бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн кылтан-сиэлтэн гобелен оҥоруутугар маастар-кылаас ыытылла турар. Маастар кылааһы Дьанхаады нэһилиэгиттэн СР уус-уран оҥоһуктарын маастара Саргылана Иннокентьевна Иванова иилээн-саҕалаан ыытар. Бүгүҥҥү айымьылаах үлэҕэ Амма улууһуттан, Мэҥэ Хаҥалас 8 нэһилиэгиттэн саҥаны билиэх-көрүөх санаалаах айар талааннаахтар билиилэрин, сатабылларын кэҥэтэ кэллилэр.
image altimage altimage alt
background image
Контакты
тел: +7 4114347891
Россия,Республика Саха(Якутия),Мегино-Кангаласский район, пгт.Нижний-Бестях​Ул. Ленина, 34а.Дом Олонхо им.Г.Г.Колесова
Craftum Конструктор сайтов Craftum